Кириэстээх кэрэ кийииттэрэ (2020)
Бүлүү эбэ күннүүн оонньуур кытылыгар, Киэҥ нэлэмэн хочо үрдүк сыырыгар, Кириэстээҕим кэрэ көстүүтэ арыллар, Киһи сүрэҕин сылааһынан угуттуур........ Кириэстээххэ сылдьыбыт эрэ барыта кини кэрэ айылҕатын сэргиир,көмүс солкону бүрүммүт хатыҥ чараҥнарын,көмүс дуйдаах арыы тыаларын,киэҥ нэлэмэн хонууларын,ыраас уулаах дьүүктэтин,сайынын күөх солконон бүрүллэр сынньалаҥ пааркатын кэлбит эрэ кэрэхсиир,көрбүт эрэ хайҕыыр.Бу курдук Кириэстээх дьону тардар күүстээх айылҕалаах. 1873 с.бастакы таҥара дьиэтэ тутуллуоҕуттан,бу сир”Крестах”/”Крестахь” /диэн ааттанан сурукка киирбитэ,онтон “Кириэстээх” диэн буолбута. Дьон-сэргэ оччоттон баччаҕа диэри сөбүлээн олохсуйар сирэ, элбэх кийииттэрдээх,үтүө дойду буолара нэһилиэк ыалдьытымсах майгытын уонна сайдыытын туоһулуур.Саха сиригэр”кийиит элбэх сирэ- кэскиллээх сир” диэн мээнэҕэ эппэттэр.Кийииттэр түмсүүлэрэ нэһилиэккэ араас хайысханан үлэлиир,сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар,араас уопсастыбаннай үлэҕэ кытталлар,биир сомоҕо буолан биэс сылга биирдэ нэһилиэккэ улахан кэнсиэринэн тахсаллар,сырдык,кэрэ түгэни бэлэхтииллэр. Эһиги болҕомтоҕутугар “Кириэстээх кийииттэрэ”кэнсиэри бэлэх уунабыт.Сынньалаҥҥа ааспыт сыл кэнсиэрин көрөр олус үчүгэй. 2020 сыллаах “Кириэстээх кэрэ кийииттэрин» кэнсиэрэ.
Название:
Кириэстээх кэрэ кийииттэрэ (2020)
Категория:
Культура